Дорогие якутяне, дорогие мои земляки! От всей души поздравляю всех вас с наступающим Новым 2025 годом!
Дорогие якутяне! Наша республика всегда отличалась неудержимым стремлением к жизни, крепостью духа и верой в лучшее! Мы успешно развиваем фундаментальную науку и образование, на вечной мерзлоте строим дороги, по-настоящему любим и рожаем крепких детей, в окружающих людях ценим ум, преданность делу, верность избранникам и своим и делам, искренне восхищаемся истинными талантами и красотой, от всей души помогаем друг другу выживать в этом суровом климате!
Наступило время подвести итоги, взглянуть на то, каким был минувший год, вспомнить, чего мы достигли и наметить планы на будущее в надежде на благополучие в каждой отдельно взятой семье, а значит, во всей нашей большой многонациональной стране.
В 2024 году в качестве Специального представителя Главы Республики Саха (Якутия) по Арктике провел плодотворную работу по ускорению опережающего социально-экономического развития Арктической зоны Якутии, а также подтвердил статус члена Президиумов Государственной комиссии по вопросам развития Арктики и Совета по вопросам развития Дальнего Востока, Арктики и Антарктики при Совете Федерации.
Работа проделана, без преувеличения, колоссальная, есть основа, отличный посыл в будущее республики.
Цели обозначены, поддержка в федеральных структурах есть, наступило время реализации намеченных задач. И я буду продолжать работать и дальше в этом направлении.
Отправной точкой в развитии Севера Якутии становиться утверждение Главой Якутии Айсеном Николаевым двух стратегических документов по опережающему развитию Арктической зоны Республики Саха (Якутия) – «Об основных направлениях госполитики в Арктической зоне» и стратегию социально-экономического развития Арктической зоны республики на период до 2035 года. Айсен Николаев своим указом определил меры, которые должны к 2035 году повысить качество жизни и показатели социального развития арктических районов республики до уровня не ниже среднероссийских.
В рамках ускорения реализации мер, предусмотренных этими стратегическими документами, провел 4 совещания с главами арктических районов Якутии.
Активно начала свою работу Рабочая комиссия Российской академии наук и Республики Саха (Якутия). В этом уходящем году проведены 2 заседания, по результатам которых утверждено научно-экспертное заключение об обоснованности празднования 400-летия города Якутска как форпоста России на Дальнем Востоке.
В качестве организатора провел I Международный арктический правовой конгресс в рамках V Северного форума по устойчивому развитию. Участники мероприятий этого традиционного форума отметили важность формирования и внедрения системы комплексного мониторинга за климатическими изменениями и таянием вечной мерзлоты в государственное планирование социально-экономическим развитием Арктической зоны РФ.
Как президент Международной федерации мас-рестлинга хочу отметить, что сегодня людей объединяют якутская культура, героический эпос олонхо, якутский спорт. Мас-рестлинг уверенно становится брендом Якутии. Мы провели международные турниры по мас-рестлингу в рамках МСИ «Дети Азии» в г. Якутске и V Всемирных игр кочевников в г. Астана (Казахстан), VI Чемпионат мира по мас-рестлингу в г. Бишкек (Киргизия), а также итоговую конференцию, где презентовали книгу «Мас-рестлинг из Саха Сирэ (Якутии): от национальных видов спорта – к олимпийским вершинам», подвели итоги своей деятельности и отметили, что решение нашей главной задачи — продвижение якутского вида спорта к олимпийским вершинам — идет наступательными шагами.
В нашей спортивной семье уже 62 национальных федераций разных стран мира, президенты которых шлют свое приветствие и выражают благодарность за этот щедрый подарок — мас-рестлинг, который они развивают у себя дома, проводят чемпионаты мира и включают этот вид спорта в школьную программу. В этом году к нашему спортивному движению подключились еще шесть стран, в том числе Италия, Испания и Румыния.
Этим летом в родном Якутске успешно прошли МСИ «Дети Азии», давно ставшие символом дружбы и счастливого будущего наших детей. Неслучайно будучи председателем оргкомитетов Игр добивался получения патроната МОК и ОСА: нам удалось расширить географию Игр на планете, привлечь больше стран-участниц, подарить тысячам детей яркий и незабываемый спортивный праздник.
Ради будущего наших детей и внуков, ради нашей прекрасной великой страны мы направляем наши помыслы на добрые великие дела.
Желаю вам и вашим близким крепкого здоровья, благополучия и дальнейших успехов в ваших замечательных делах!
Пусть ярко горит и согревает многие сердца якутский камелек!
Пусть исполнится то, что каждый из вас пожелает — даже самые смелые мечты! Поверьте, все желания всегда исполняются!
С Новым годом!
Уруй айхал! Уруй тускул!
Ваш Александр АКИМОВ
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым!
Сахам сирин олохтоохторо!
Аны аҕыйах хонугунан 2024 сылбыт түмүктэнэн саҥа 2025 сылга үктэниэхпит. Ааһан эрэр сылбыт биһиги республикабытыгар да, Россиябытыгар бүттүүнүгэр да, төһө да уустук, кытаанах кэмнэр туралларын иһин, кэккэ ситиһиилэрдээх буолла.
Кулун тутар ыйга Россиябыт Президенин талар быыбарга дьоммут-сэргэбит Владимир Владимирович Путины өссө саҥа болдьоххо дойдубутун салайарыгар итэҕэллэрин көхтөөхтүк биэрбиттэрэ түмсүүлээхпитин, сомоҕолоспуппутун туоһулуур. Үс сыл кэриҥэ бара турар дойдубутун көмүскүүр анал байыаннай дьайыыларга биһиги сэбилэниилээх күүстэрбит өстөөхтөн сирбитин босхолуурга, ил-эйэ куруук баар буоларын туһугар инники кимэн киириилэрэ күнтэн-күн күүһүрэн иһэр. Маныаха биһиги Сахабыт Сирин боотурдара инники күөҥҥэ хорсуннук киирсэллэр.
Арҕаа дойдулар куомуннаһан Россиябытын мөлтөтө, экономикабыт сайдыытыгар араас мэһэйдэри оҥоро сатыыллара сатаммата. Төттөрүтүн баһыйар үгүс хайысхаларга сайдыы күүскэ барда. Бу барыта дойдубут уонна регионнар салалталара сөптөөх политиканы ыыталларын, норуоппут дьулуурун, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылааҕын, үтүө түмүктэрдээҕин көрдөрөр.
Мин Саха Республикатын Ил Дарханын Арктикаҕа аналлаах бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан Хоту сир араас проблемаларын быһаарыыга Российскай Федерация сенаторынан үлэлии сылдьыбыт үлэбин салгыы ыытабын. Ол курдук элбэх федеральнай структураларга, ол иһигэр Федерация Сэбиэтигэр, Госдумаҕа, араас министиэристибэлэргэ, Россия наукаларын академиятыгар, Росатом курдук бөдөҥ корпорацияларга уонна да атын тэрилтэлэргэ Арктика боппуруостарын туруорсабын. Балаҕан ыйыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу илиҥҥи федеральнай университекка V-һис «Хотугу форум» Аан дойдутааҕы тэрээһиҥҥэ хас да секцияҕа модератордаан салайсан ыытыстым.
Ааһан эрэр сыл саамай улахан тэрээһининэн Дьокуускай куоракка «Азия оҕолоро» VIII Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар үрдүк таһымнаахтык ааспыттарын бэлиэтээн туран, мин 1996 с. бастакы оонньуулары тэрийсээһинтэн саҕалаан иккис, үһүс уонна төрдүс оонньуулар тэрийэр кэмитиэттэрин салайааччытын быһыытынан, бэйэм көрүүлэрбин республика салалтатыгар тиэрдэн турабын. Ол курдук оҕолорбут инники салгыы сайдалларын, спортсменнарбыт таһымнара үрдүүрүн туһугар «Азия оҕолоро» оонньуулар Сахабыт сиригэр салгыы ыытыллыахтаахтар. Кэнники кэмҥэ кыһыҥҥы көрүҥнэргэ ирдэбиллэргэ эппиэттиир спортивнай объектар республикабытыгар тутуллубуттарын учуоттаан, кыһыҥҥы оонньуулар да ыытыллыахтарын наада.
Саха омук төрүт спортивнай көрүҥэ – Мас тардыһыы киэҥ эйгэҕэ тахсарын туһугар 30-ча сыл бастаан республикабытыгар, онтон Россия үрдүнэн, кэлин Аан дойду таһымыгар туһааннаах спортивнай федерациялары тэрийэн үлэлээн кэллим. Билигин мас-рестлинг Аан дойдутааҕы федерациятын президенэ буоларым быһыытынан, Айсен Сергеевич Николаев туруорбут соругун – саха төрүт оонньуута - мас тардыһыы олимпийскай программаҕа 2036 сылга киирэрин туһугар күүскэ, тэрээһиннээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ол курдук 2024 сыл балаҕан ыйыгар Казахстан Республикатын киинигэр Астана куоракка «Игры кочевников» диэн Аан дойду таһымнаах улахан спортивнай тэрээһиҥҥэ мас тардыһыыта официальнай программаҕа киирэн ситиһиилээхтик ыытылынна. Сэтинньи 29 - ахсынньы 1 күннэригэр Кыргыстан киинигэр Бишкек куоракка мас-рестлинг VI Аан дойду чемпионата үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу икки улахан күрэхтэһиилэргэ республикабыт Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев тус бэйэтинэн кыттыыны ылбыта элбэҕи туоһулуур, мадьыныларбытыгар бэйэтинэн тиийэн күүскэ ыалдьыбыта спортсменнарбыт күүстэригэр күүс эптэ, биһиэхэ, тэрийээчилэргэ, өбүгэлэрбит төрүт оонньуулара салгыы сайдарыгар өссө улахан эрэли сахта.
Ахсынньы 23 күнүгэр мас-рестлинг Аан дойдутааҕы федерациятын конференцията ыытылынна. Манна ааһан эрэр сыл түмүктэрин, кэлэр 2025 сылга ыытыллыахтаах күрэхтэһиилэр календарнай былааннарын, быраабылаларга саҥа уларыйыылары дьүүллэстибит уонна алта дойдуну федерацияҕа саҥа чилиэннэринэн ыллыбыт. Онон билигин барыта 62 тас дойду мас-рестлинг федерациятыгар баар буолла.
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым! Ил Дархаммыт 2025 сылы Ийэ Дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрдэ. Билигин дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар кыайыы көтөллөөх дьиэлэригэр, дьонноругар-сэргэлэригэр бары этэҥҥэ чэгиэн эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.
Кэлэр сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Аҕа дойду улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот гитлеровскай фашизмы урусхаллаабыт Улуу кыайыыбыт 80 сылын өрөгөйдөөхтүк бэлиэтиэхпит. Түгэнинэн туһанан, ытыктабыллаах ветераннарбытыгар уонна кыайыыны тыылга уһансыбыт тыыл ветераннарыгар, сэрии кэмин оҕолоругар сүгүрүйэн туран махталбын тиэрдэбин. Бары биир дойдулаахтарбар, дьоммор-сэргэбэр дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабын.
Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Нөрүөн нөргүй! Уруй туску буолуохтун!