22 сентября в Сунтаре торжественно открылся Центр народного творчества имени Сергея Зверева — Кыыл Уола, единственный в своем роде центр культуры народа саха. Именно Сунтарский улус считается колыбелью Олонхо, признанного ЮНЕСКО шедевром мировой нематериальной культуры.
Центр построен по инициативе сенатора Александра Акимова и известной поэтессы, народной любимицы Натальи Михалёвой — Сайа, которые однажды за чашкой чая поделились своими мыслями с меценатом Матвеем Евсеевым, которого в Якутии ценят и любят. Тот загорелся идеей, и работа закипела.
Центр на 350 посадочных мест должен стать излюбленным местом жителей Сунтар, окрестных сёл и гостей улуса, приехавших познакомиться с этим краем и его самобытной культурой, которую продемонстрировал на фестивале студентов в 1957 году в Москве самородок-олонхосут Сергей Зверев — Кыыл Уола.
Открытие приурочено к 120-летию со дня рождения выдающегося деятеля культуры Сергея Зверева и дню основания Сунтарского улуса, ведущего свой отсчёт с начала XIX века и прославившегося своими учёными, видными государственными и общественными деятелями.
В церемонии открытия приняли участие глава республики Айсен Николаев, депутаты Ил Тумэн Александр Жирков, сенатор Александр Акимов направил свои поздравления главе улуса Анатолию Григорьеву, а также Матвею Евсееву, принявшему на торжественном открытии из рук Или Дархана высшую награду республики — орден «Полярная звезда»
Ытык-мааны Сунтаар улууһун олохтоохторо!
Күндү дьонум-сэргэм!
Эһиэҕэ, барыгытыгар Сунтаар улууһун күнүнэн уонна С.А. Зверев — Кыыл Уола аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ аһыллар өрөгөйдөөх кэрэ-бэлиэ күнүнэн улуу Москва куораттан, Федерация Сэбиэтиттэн итии истиҥ эҕэрдэ!
С.А. Зверев — Кыыл Уола саха олоҥхото, тойуга, ыһыаҕа XXI үйэҕэ Аан дойду таһымыгар тахсарыгар, Олоҥхо ЮНЕСКО норуоттар уус-уран айымньыларыгар уһулуччулаах (Шедевр) эпос буолан 2006 с. киириитигэр оҥорбут-айбыт оруола олус сүдү, тугунан да сыаналаммат норуот баайа буолар.
1957 сыллаахха ыччаттар уонна студеннар Аан дойдутааҕы фестивалларыгар С.А. Зверев — Кыыл Уола тэрийбит ырыа-үҥкүү ансамбыла сахалыы оһуохайы, ырыаны-тойугу, «Оһуор үҥкүүтүн» аан бастакыннан Москва куоракка толорбута, төрүт культуура инники сайдыытыгар олук уурбута. Кини аатырбыт «Москва куорат туһунан тойуга» көмүс буукубаннан Кремль истиэнэтигэр суруллбута, ону туоһулуур.
Бу сүдү киһибит 120 сылын көрсө баараҕай тутуу саха норуотун духуобунай сайдыытыгар, культууратыгар улахан суолтаны ылыа диэн бүк эрэнэбин.
Биһиги киэҥ туттар киһибит, Сунтаар аатын ааттатар, Сахабыт сирин патриота, промышленник М.Н. Евсеев бу тутуу үлэҕэ киирэригэр, Сунтаарбыт улуу дьоннорун ааттарын үйэтитэргэ оҥорбут кылаата сүдү суолтаны ылар, уонна кини аатыгар-суолугар дьон-сэргэ куруук махтана туруоҕа.
Республикабыт Ил Дархана А.С. Николаев норуоттар культураларын, духуобунай сайдыыларыгар ыытар үлэтэ, болҕомтото норуот биһирэбилин ылар.
Бу курдук, биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин, олоҥхобутун, ыһыахтары, норуот талба талааннаахтарын ытыктаан, харыстаан, сайыннаран илдьэ сырыттахпытына омук быһыытынан сайдан, үйэлэргэ аапытын ааттата туруохпут.
Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым, үйэлэргэ сүгүрүйэр киһибитин С.А. Зверев — Кыыл Уолун аатынан культура дыбарыаһа норуот сайдар, сомоҕолоһор, бүтүн республика киэҥ туттар киинэ буолан, ыҥыра-угуйа турдун!
Ытыктабылы кытары,
РФ Федеральнай мунньяҕын
Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы
Федерация Сэбиэтин иһинэн
Арктика уонна Антарктика
Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ
Александр Акимов