Ытык-мааны Сахам дьоно,
төрөөбүт үөскээбит Сунтаарым улууһум олохтоохторо!
Аны аҕыйах күнүнэн дойдубут инники дьылҕата быһаарыллар Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар быыбар буолаары турар. Маныаха хас биирдии быыбардааччы бэйэтин куолаһын инники кэскил, сайдыы, туруктаах олох туһугар биэриэхтээҕэ өйдөнөр.
Арассыыйабыт территорията киэҥин, сиртэн-хостонор баайа-дуола элбэҕин туһуттан хас эмэ үйэлэр тухары араас күүстэр дойдубутун самнара, сирин-уотун былдьаһа сатыыллар. Билэргит курдук, сомоҕолоспут арҕаа дойдулар хаһан да буолбатах экономическэй санкциялары киллэрэн Араассыйа сайдарыгар, араас ыарахаттары-мэһэйдэри үөскэтэллэр. Маныаха биһиги, саха дьоно-сэргэтэ, хаһааҥҥытааҕар даҕаны түмсүүлээх, күүстээх уонна дириҥ санаалаах Арассыыйа норуоттарын кытта биир сомоҕо буолуохтаахпыт.
Биһиги бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин дьиҥ-чахчы национальнай лидер буоларын аан дойду баһыйар үгүс норуоттара билинэллэр. Арассыыйа көҕүлээһининэн тэриллибит БРИКС уонна ШОС диэн холбоһуктар тэтимнээхтик сайдан, састааба кэҥии турар.
Кэлиҥҥи кэмнэргэ дойдуга ыытыллар социальнай экономическэй политика чопчу иннин диэки күүскэ хардыылыр. Чуолаан, кэнники 24 сыл иһигэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин өйөбүлүнэн Сахабыт Сиригэр улахан тосту уларыйыылар киирдилэр, баараҕай тутуулар транспорт инфраструктурата, тимир суол уонна муосталар, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕирии уонна култуура эйгэтигэр бараллар, олорор дьиэлэр хаһааҥҥытааҕар да күүскэ тутуллаллар.
Төрөөбүт үөскээбит Сунтаарым дьоно-сэргэтэ, мин үлэбин-хамнаспын бэркэ диэн билэҕит. Эһиги кыах-уох биэрэҥҥит-өйөөҥҥүт кэккэ сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнинэн уонна икки болдьоххо тохтоло суох сенаторынан тэтимнээхтик элбэх үлэ ыытан аастыбыт. Билигин аҕа баһылыкпыт Айсен Сергеевич хамаандатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Арктикаҕа аналлаах бэрэстэбиитэлинэн элбэх үлэни ыытан эрэбит. Арктиканы сайыннарыыга, хоту сир дьонун олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга, Хотугу Муустаах муора суолун күүскэ туһаныыга Владимир Владимирович Путин бэлиитикэтин олоххо киллэрии Ил Дархан салалтатынан күүскэ ыытыллар. Кулун тутар 12 күнүгэр Саха Республикатын Арктическай улуустарыгар 2030 сылга диэри кэмҥэ Саха Республикатын государственнай политикатын сүрүн хайысхаларын туһунан Ил Дархаммыт ыйааҕа таҕыста.
Бу буолаары турар Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар быһаарыылаах быыбарга дьиҥ-чахчы национальнай лидер Владимир Владимирович Путины көхтөөхтүк өйөөн куоластыахтара диэн эрэнэн туран эһигини, биир дойдулаахтарбын, ыҥырабын!
Кулун тутар 13 күнэ 2024 сыл
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Арктикаҕа
аналлаах бэрэстэбиитэлэ,
2002-2007 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ,
2013-2023 сылларга Российскай Федерация сенатара
Александр Константинович АКИМОВ